top of page
cjc8cKRi4yk.jpg
«СУНТААР МИИГИН ЫҤЫРАР» саха норуодунай бэйиэтэ Л. А. Попов аатынан VIII улуустааҕы ырыа-хоһоон түһүлгэ чэрчитинэн "Олоҕу, дьолу, тапталы хоһуйбута» – суруйааччы, эколог Э. Д. Соколов-Тулусхан төрөөбүтэ 80 сылыгар анабыл хоһоон күрэһэ

 

     Л.А.Попов аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэ суруйааччы аатын үйэтитиигэ туһуламмыт анабыл хоһоон күрэһин тэрийэн ыыттылар.

Курэскэ Сунтаарбыт улууһун 20 нэһилиэгиттэн барыта 20 киһи кыттыыны ылла. Ааптардар хоһооннорун түһүлгэҕэ уус-ураннык, дорҕонноохтук ааҕан билиһиннэрдилэр.

      Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр:

      Сүбэ түсчүтэ - Попова Ульяна Дмитриевна, Сунтаар улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ.

      Гуринов Афанасий Гаврильевич-Арчылан – саха норуодунай  бэйиэтэ И.М.Гоголев-Кындыл аатынан бириэмийэ лауреата, РФ Суруналыыстарын сойууһун, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ;

      Егорова Надежда Парфеньевна-Намылы – СӨ үтүөлээх суруналыыһа, Арассыыйа суруналыыстарын , СӨ Суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ;

Күрэс түмүгэ:

Биһирэбил:

Самсонова Светлана Николаевна-Сиибиктэ, Кэбээйи улууһа  (3000 солк. харчыннан бириис).

Антонова Елена Петровна-Күн Сиккиэрэ, Аллыҥа (3000 солк. харчыннан бириис).

Горохова-Кобельянова Тускулаана Васильевна, Сунтаар (3000 солк. харчыннан бириис).

 

1 миэстэ – Сергеева Лилия Николаевна, Аллыҥа (10000 солк. харчыннан бириис).

2 миэстэ - Егоров Николай Васильевич-Аҕырытта, Күндэйэ (7000 солк. харчыннан бириис)

3 миэстэ – Васильева Зинаида Иннокентьевна-Сыралы, Кутана (5000 солк. харчыннан бириис).

 

Кылаан кыайыылаах - Тихонова Клара Степановна (Тойбохой) Эдуард Соколов-Тулусхан оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ туруорбут анал бириистэрин 25000 солк. харчыннан наҕараадаланна.

 

      Куонкуруска кыттыбыт бары кыттааччыларбытыгар тэрийээччилэр ааттарыттан истиҥник махтанабыт, айар-суруйар дьоҕургут сириэдийэ сайда турдун диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит!

 

Л.А.Попов аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэ методическай-информационнай салаата.

Бу хоһоон күрэһэр С. Н. Самсонова - Сиибиктэ Эдуард Соколовка - Тулусхаҥҥа анаммыт хоһоонун ааптар бэйэтин толоруутугар сайтпыт "Саҥа айымньылар" сирэйигэр киирэн истиэххитин сөп.
Кулаковский_Реас_Алексеевич.jpg

Бэс ыйын 15 күнүгэр ыһыах түһүлгэтигэр  Ытык Күөл киин библиотеката суруйааччы Реас Кулаковскай төрөөбүтэ 110 сылыгар аналлаах тэрээһиннэри ыытта. Кыттааччылары уонна көрөөччүлэри Реас Кулаковскай кыыһа норуот үөрэҕириитин туйгуна, улуус бочуоттаах олохтооҕо Рива Реасовна Кулаковская, Лена Макарова ырыанан эҕэрдэлээтилэр.

 "Айар аартык күлүүһүн арыйдахха..." суруйааччы айымньыларын ырытыыга кэтэхтэн ыытыллыбыт күрэс түмүгүн иһитиннэрии уонна кыайыылаахтарга наҕараадалары туттарыы буолла. Улуус нэһилиэктэриттэн, Кэбээйи, Сунтаар улуустарыттан, Дьокуускайтан барыта 17 үлэ киирбит.

Дьүүллүүр сүбэ  быһаарыытынан ананна:

1 м. - О.М. Слепцова(Ытык Күөл)

2 м. - Н.В. Андросова-Айталы(Дьокуускай)

3 м. - М.Н. Ширяева (Ытык Күөл)

Анал ааттар:

 Т.С. Григорьева(Чычымах)

 С.Н. Самсонова-Сиибиктэ(Кэбээйи)

Биһирэбил бириис:

Л.Н. Турнина(Ытык Күөл)

"Айымньы кынатыгар уйдаран..." суруйааччы айымньыларын дьиэ кэргэнинэн уус-уран ааҕыы күрэһэ ыытылынна.  Дьүүллүүр сүбэҕэ Реас Алексеевич кыыһа Р.Р.  Кулаковская, сиэнэ Н.Г. Дарбасова, киин библиотека дириэктэрэ А.К. Билюкина, "Уран тыл" литературнай түмсүүттэн С.С. Игнатьева үлэлээтилэр. Кыайыылаахтарынан ааттаннылар:

1 м. - Пинигиннар (Дьохсоҕон)

2 м. - Бехтюевтар (Ытык Күөл)

3 м. - Турниннар (Ытык Күөл)

Анал ааттар:

Андросовтар (Ытык Күөл)

Шестаковтар (Ытык Күөл)

Биһирэбил бириис:

Грязнухиннар (Ытык Күөл)

"Реас Кулаковскай ыллыгынан..." блиц-оонньуу тэрилиннэ. Манна ким баҕалаах кыттан талан ылбыт  боппуруостарыгар суруйааччы кинигэлэриттэн эппиэттэри буллулар. Кыйыылаахтар Дипломнарынан,  бириистэринэн наҕараадаланнылар, маны таһынан Кулаковскайдар дьиэ кэргэн бастакы миэстэни ылбыттарга аҕалара мөссүөннээх үрүҥ көмүс өйдөбүнньүк бэлиэлэрин туттардылар. Бары кыттыбыт дьоҥҥо махталбытын тиэрдэбит!

С. Н. Самсонова - Сиибиктэ Р. Е. Кулаковскай айымньыларын ырытыыга анаммыт үлэтин аллараа баар сигэнэн киирэн билсэргитигэр ыҥырабыт.
Сиибиктэ. Айар аартык күлүүһүн арыйдахха.
Screenshot_20240628-213342_WhatsApp.jpg
Любовь Борисова - Таптал Чагда "Сахам барахсан" хоһоонугар бииргэ төрөөбүт быраата Клим Федоров таҥмыт видеоклибин аллараа баар сигэнэн киирэн көрүҥ.
Таптал Чагда. Сахам барахсан
Тааттаҕа.jpg
Улуустааҕы "Дабаан" хаһыакка Светлана Самсонова - Сиибиктэ "Тааттаҕа сүрэх талаһар" диэн ыстатыйатыгар Кэбээйи улууһун поэттара Ойуунускай туһунан суруйууларын сырдатар.
Ыстатыйаны аллараа баар сигэнэн киирэн билсиэххитин сөп.

https://дабаан.рф/taatta5a-syreh-talahar/
WhatsApp Image 2024-05-16 at 15.16.15.jpeg

Ыам ыйын 16 күнүгэр Дьяконова Нюргустана Ивановна-Таана иккис "Күнү олус таптыыбын" хоһоонун хомуурунньугун биһирэмэ буолан ааста.

Нюргустана Ивановна 2015 сыллаахтан хоһоон суруйарга холонор. Айымньылара үксэ айылҕаҕа, тулалыыр тапталлаах дьонугар, оҕо саас ааспат ахтылҕаныгар аналлаахтар. Хоһоонноро түмсүүлэр истэринэн тахсар араас хомуурунньуктарга, «Дабаан» хаһыакка бэчээттэммиттэрэ. Бастакы кинигэтэ «Хоһооннорум – оҕолорум, истиҥ иэйии биэбэйдэрим» 2021 сыллаахха тахсыбыта.

Нюргустана Ивановна саҥа тахсыбыт хоһооннорун ааҕан, сэҥээрэн баран Кэбээйи орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала, Саха республикатын үөрэхтээһинин систематын туйгуна Марина Ивановна Егорова  бэйэтин көрүүтүн кытта үллэһиннэ. Кини анаарыытын "Ааҕааччы санаата" сирэйгэ сиһилии ааҕыҥ.

Таана.jpg
Бу күннэргэ биһиги ааптарбыт Нюргустана Дьяконова - Таана "Күнү олус таптыыбын" диэн хоһооннорун хомуурунньуга күн сирин көрдө. Бу Таана иккис кинигэтэ буолар. Биир идэлээхпитин саҥа ситиһиитинэн истиҥник эҕэрдэлиибит! Таана хоһооннорун "Саҥа айымньылар" сирэйгэ киирэн ааҕыҥ, сэргээҥ.
c5db4e4c-768c-4d20-800b-9ca0ece9a218-1060x596.jpeg
c5db4e4c-768c-4d20-800b-9ca0ece9a218-1060x596.jpeg
Бу ый саҥатыгар Дьокуускайга эдэр суруйааччылар сүбэ мунньахтарын чэрчитинэн биэс эдэр ааптар кинигэлэрин сүрэхтээтилэр. Кинилэр ортолоругар биһиги биир дойдулаахпыт, түмсүүбүт чилиэнэ Сюзанна Кондакова "Таптал чараҥа" диэн хоһооннорун хомуурунньуга киирдэ. Бу туһунан аллараа баар сигэнэн киирэн сиһилии билсиэххитин сөп. Онтон Сюзанна Кондакова кинигэтин сайтпыт "Саҥа айымньылар" сирэйигэр киирэн дуоһуйа ааҕыҥ.
Сиһилии: 
https://sakha-sire.ru/bies-kinige-syrehtenne/
                                       ЛИТЕРАТУРНАЯ ГОСТИНАЯ «ДЕНЬ ПОЭЗИИ»

Сегодня 21 марта отмечается Всемирный день поэзии, учрежденный по резолюции 30-й сессии Генеральной конференции ЮНЕСКО, принятой 15 ноября 1999 года.
В связи с этим в нашей школьной библиотеке организовали Литературную гостиную. Началась гостиная с интересной увлекательной беседы школьного библиотекаря Александры Алексеевны Егоровой о поэзии и поэтах. Она - любитель поэзии, знает много стихов наизусть, хорошо декламирует стихи на разных языках. Рассказала о значении стихотворений для развития памяти, логики, словарного запаса, риторики, артистизма.
Главным гостем был приглашен поэт Иосиф Григорьевич Кобяков, автор многих сборников стихов, работник Кобяйского краеведческого музея им. П.Д. Степанова. Узнали о творческом пути поэта, с книгами, об учебе в физико-математической школе у народного учителя СССР М.А. Алексеева. В последние годы Иосиф Кобяков переводит стихи известных поэтов с русского на якутский: Дм. Веневитинова, Игоря Северянина, Марины Цветаевой и др.  В 2022 г. вышла книгой баллада Р.Л. Стивенсона «Вересковый мед» в переводе И.Г. Кобякова.
Участники гостиной прочитали любимые стихи на русском и якутском языках А.С. Пушкина, Т.Е. Сметанина, И.Р. Петрова, С.П. Данилова и др. Обменялись книгами, открытками, мини-книжками.
В конце Литературной гостиной руководитель детского объединения «Нуклеус» В.Н. Заровняева рассказала о начале проекта «Кладовая стихов» («Хоhоон хоспоҕо”).
Надо любить поэзию, читать и учить стихи, они сделают нашу жизнь ярче, богаче и приятнее.

Таня Кобякова, юнкор поста «Нуклеус», 10А класс, Кобяйская СОШ
Фотоснимки Риты Тереховой, ученицы 10А класса
TdlR8q-39Kw.jpg
3-8EOHg_u3g.jpg
Түмсүүбүт саҥа  ааптардара

Бу күннэргэ биһиги түмсүүбүт кэккэтэ хаҥаата: Тыайаттан айар куттаах икки киһи - Светлана Дьяконова уонна Николай  Дьяконов түмсүүбүтүгэр киирдилэр. Биһиги кинилэри эҕэрдэлээн туран, инники өттүгэр айар үлэлэригэр саҥа ситиһиилэри баҕарабыт. 

Күндү ааҕааччылар, Светлана Михайловна уонна  Николай Семенович хоһооннорун сайтпыт "Саҥа айымньылар" диэн сирэйигэр киирэн ааҕаргытыгар ыҥырабыт.

08ba3744-2858-4fd8-a35e-4e045400e92a-768x1024.jpeg

Соторутааҕыта биһиги түмсүүбүт кыттыылааҕа Валентина Кондакова - Айтыына "Олоҕум кэрдиис кэмнэрэ" диэн бастакы кинигэтэ күн сирин көрдө. Хомуурунньук Ю. А. Гагарин аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин типографиятыгар 50 ахсаанынан бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэҕэ ааптар ахтыылара, кэпсээннэрэ уонна хоһоонноро таҥыллан киирдилэр.

Биһиги биир идэлээхпитин бастакы кинигэтинэн истиҥник эҕэрдэлээн туран, киниэхэ айар үлэтигэр саҥаттан саҥа ситиһиилэри баҕарабыт. 

Саҥа тахсыбыт кинигэ туһунан Светлана Самсонова - Сиибиктэ бэйэтин санаатын үллэстибитин аллараа баар сиһигинэн киирэн ааҕаргытыгар ыҥырабыт.

https://дабаан.рф/ajtyyna5a-algyspyn-anyybyn/

Кэрэ киһи туһунан үчүгэй кинигэ сүрэхтэннэ

Алтынньы 7 күнүгэр П.А. Ойуунускай аатынан Литературнай музейга Арассыыйа суруйааччыларын союһун чилиэнэ, поэт, прозаик, драматург, критик, учуутал Иннокентий Наумович Левин туһунан “Иннокентий Левин — Ньээчэс” диэн кинигэтин сүрэхтэниититэ буолан ааста.

Иннокентий Наумович… Киһи биирдэ көрөн, айымньыларын ааҕарын истэн баран хаһан даҕаны умнубат кэрэ киһитэ этэ. Кини 1942 с. тохсунньу 4 күнүгэр Кэбээйигэ Дьарбас диэн сиргэ төрөөбүтэ. Олох кыратыгар ийэтэ өлөн иитиэххэ барбыт. Ииппит дьоно иринньэх баҕайы оҕону көрөн-истэн, тапталларынан угуттаан атаҕар туруоран киһи-хара оҥорбуттарын бары мустубут дьон бэрткэ билэллэр эбит. Оҕо сааһын түгэннэрин, Кеша сорох мүччүргэннээх сырыыларын Савелий Николаевич Тимофеев-Ыллык суруйбута бэйэлэрэ туспа айымньы курдуктар.

Кэбээйи орто оскуолатыгар бииргэ үөрэммит доҕотторо Иннокентий туһунан үчүгэй да ахтыылары суруйбуттар. Оҕо эрдэҕиттэн сытыытын, дьээбэлээҕин, туохтан да толлон турбатын туһунан ааҕа-ааҕа киһи күлэр даҕаны, аһынар даҕаны. Учууталлара даҕаны учууталлар эбит. Ол курдук М.С. Иванов – Багдарыын Сүлбэ, Кэбээйи кыраайы үөрэтэр музейын төрүттээбит П.Д. Степанов, поэт И.Р. Петров… Бииргэ үөрэммит оҕолоро Саха сирин, Кэбээйи дьоно киэн туттар дьоно. Холобура, Григорий Константинович Эверстов СӨ “Золотое перо” бириэмийэтин лауреата, СӨ бэчээтин туйгуна, Нам уонна Кэбээйи улуустарын бочуоттаах олохтооҕо, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына. Хомойуох иһин, кинигэҕэ РФ үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, Норуот үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ Х.Г. Микушина ахтыыта киирбэккэ хаалбыт. Матырыйаал хомулларын билбэккэ хаалбыт быһыылаах.

1962 с. сытыы-хотуу, бэйэтин лаппа кыанар, өссө сорохтор ахталларынан сөбүгэр күүстээх эдэркээн уол аармыйаҕа ыҥырыллар уонна Казахстаҥҥа Семипалатинскай куоракка сулууспалыыр, куруук бастыҥнар ортолоругар сылдьар. Дьэ, ол эрээри бу дойду амырыын тыыннаах. Доҕотторо суруйалларынан онно сылдьан радиацияҕа хаптарбыт, улаханнык ыалдьыбыт. Ити кэпсээни истэ олорон оҕо сааспын санаан кэллим. Интернат аттынан сотору-сотору номоҕон баҕайы көрүҥнээх эрээри куп-кубаҕай эдэр уол аргыый аҕай ааһааччы. Биһиги оонньуу сылдьан тохтоон батыһа көрөн хааларбыт. Аатын өйдөөбөппүн. Арай, аармыйаҕа сылдьан радиацияҕа хаптарбыт, сотору өлөр киһи диэн дьон кэпсээниттэн билэр этибит. Ол уол соҕотох буолбатаҕын, өссө Иннокентий Наумович Левин диэн оччолорго университекка үөрэнэр киһи баарын хантан билиэхпитий? Кинигэтин сүрэхтэниитигэр оскуолаҕа бииргэ үөрэммит, аармыйаҕа бииргэ сылдьыбыт доҕоро, СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Степанов Федор Дорофеевич истиҥ ахтыы оҥордо. Оттон ыарыыттан хайдах курдук эрэйдэммитин, кылгас үйэлэммитин Г.К. Эверстов суруйбут. Ити билигин радиацияттан эчэйбит дьоҥҥө көмө баар курдук быһыылаах.

Ыарыыттан да санаатын түһэрбэтэх Кеша аармыйаттан кэлэн Саха государственнай университетын саха салаатыгар үөрэнэ киирэр, аатырбыт “Сэргэлээх уоттара” диэн литературнай куруһуок бастыҥ поэта буолар. Ити кэмҥэ кини, Варвара Потапова, Василий Дедюкин ааттарын университекка бары билэллэр эбит. Кинилэри кытары бииргэ үөрэмиттэр Павел Харитонов – Ойуку, Николай Винокуров – Урсун, Василий Иванов, Семен Попов – Тумат. Кинилэртэн элбэх ахтыыны Саха народнай суруйааччыта Семен Андреевич Попов-Тумат суруйбут. Кини кинигэ сүрэхтэниитигэр кэлэн мустубут дьону сэргэхситтэ.

Иннокентий Наумович саха тылын учууталынан Абыйга, Анаабырга, Кэбээйи Чагдатыгар уонна кэлин Чурапчыга үлэлээбит. Чыаппара олохтооҕо Сивцева Анна Семеновнаны көрсөн дьоллорун холбоон ыал буолбуттар, икки кыыс оҕоломмуттар. Кинигэ сүрэхтэниитигэр Чурапчы Алаҕарыттан кэргэнин аймахтара, библиотека үлэһиттэрэ кэлэн көхтөөхтүк кытыннылар. “Күтүөппүт кэрэ киһи этэ”, — диэн кинилэр мээнэҕэ эппэттэр, дьиҥ-чахчы ытыктыыр, суохтуур эбиттэр. Сиэннэр хоһоон аахтылар, флейтаҕа оонньоон иһитиннэрдилэр.

Кинигэҕэ киирбитинэн Иннокентий Наумович аҕыс хоһоонугар ырыа айыллыбыт. “Убайым тэҥэ саныыр киһим”, — диир эбит Иннокентий Наумовиһы ырыаһыт, мелодист Константин Константинович Мохначевскай – Саһарҕа. Бэйэтэ ыарытыйа да сырыттар кэлэн айбыт үс ырыатын ыллаан уйадытта. Олох соторутааҕыта СӨ норуодунай артыыһын үрдүк аатын ылбыт, быйыл өрөгөйдөөх үбүлүөйдээх композитор-мелодист Алексей Кириллович Калининскай байаанын кыбыммытынан кэлэн “Кэбээйи”, “Эдэр сааспын миэхэ хааллар” диэн өлбөт-сүппэт үйэлэммит ырыаларын Николай Спиридоновтуун биир дойдулаахтарыгар бэлэхтээтилэр. Үс хоһооҥҥо ырыа айбыт композитор З.К. Степанов тыыннааҕа буоллар эмиэ хайаан да кэлиэ этэ диэн хомойо санаатыбыт. Эбии эттэххэ, Иннокентий Наумович драматургияҕа эмиэ тахсыылаахтык үлэлээбит. З.К. Степановтыын уонна Саха драмтеатрын кылаабынай режиссера А.С. Борисовтыын «Күн былдьаһыга» диэн оҕолорго остуоруйа музыкальнай драманы суруйбуттар. Итини таһынан саха биллиилээх режиссера Ф.Ф. Потапов туруоруутунан «Биһирэм» диэн водевиль П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрыгар көрдөрүллүбүт.

Бу саҥа кинигэҕэ Иннокентий Наумович Левин-Ньээчэс туһунан чугас дьонун, үөлээннээхтэрин, биир идэлээхтэрин араас кэмҥэ суруйбут ахтыылара түмүллэн киирбиттэр, ол иһигэр оҕолорго аналлаах бээчээккэ тахсыбатах хоһоонноро.

Матырыйаал хомуйуутугар ССРС култууратын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Кэбээйи улууһун бочуоттаах олохтооҕо Савелий Николаевич Тимофеев-Ыллык, Арассыыйа суруйааччыларын союһун чилиэнэ, улуустааҕы “Лена долгуннара”, Кэбээйи нэһилиэгин “Кулуһун кут” литературнай тумсүүлэрин салайааччыта Иосиф Григорьевич Кобяков, Григорий Константинович Эверстов-Тыыппалаах үлэлэспиттэр. Кинигэ тахсыытыгар суруйааччы балта Полина Иннокентьевна Адамова, Иннокентий ийэ өттүнэн аймаҕа Григорий Афанасьевич Куличкин, төрөппүт кыыһа Туйаара Иннокентьевна Левина, Евгений Дмитриевич Дьяконов көмөлөспүттэр.

Кинигэ сүрэхтэниитин тэрийиигэ хаан аймаҕа, Арассыыйа биир кэлим энергосистематын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ энергетикатын бочуоттаах үлэһитэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына Гаврил Прокопьевич Левин сүүрдэ-көрдө. И. Н. Левин-Ньээчэс кинигэлэрин хаттаан таһаарыы, урут тахсыбатах суруйууларын бэчээккэ бэлэмнээһин туһунан этиилэри бэрткэ болҕойон иһиттэ быйыл улуус аҕа баһылыгынан иккиһин талыллыбыт Иван Иванович Левин.

Дьэ, ити курдук кэрэ киһи туһунан үчүгэй кинигэ тахсыбыта бэрт истиҥик, сылаастык сүрэхтэннэ.

Ефросиния Ноговицына, П.А. Ойуунускай аатынан Литературнай музей научнай үлэһитэ.

f_Jn_AJUejQ.jpg

Состоялся XVIII съезд Союза писателей РС(Я)

6 октября в Академии наук РС(Я) прошел съезд Союза писателей Якутии, на котором обсуждались основные литературные события за пять лет, подводились итоги работы председателя и правления, а в завершение были выбраны новый председатель и одиннадцать членов правления.

В первой половине дня председатель Союза писателей Якутии, народный поэт Наталья Харлампьева озвучила отчет о работе, рассказала, чего добился под ее руководством Союз за пять лет, какие писатели покоряли литературный мир Якутии, как они работали в сложный период – 2018-2023-е годы, что за тенденции появились. Наталья Ивановна назвала новые имена в якутской прозе, молодых членов Союза, совместные мероприятия с другими Союзами писателей, перечислила ключевые литературные события за пять лет.

 «Союз писателей Якутии продолжит работу с молодыми авторами… У настоящего писателя должно быть ощущение, что литература – главное дело его жизни. Всё остальное в жизни писателя подчинено этому», - считает Харлампьева. Она отметила сложности с распространением бумажных книг в отдаленных районах Якутии и изменение потребностей современного читателя. Наталья Ивановна сказала, какие внесены изменения в действующий Устав Союза.

Затем слово получили заместитель председателя Правительства РС (Я) Сергей Местников и министр культуры и духовного развития Якутии Афанасий Ноев. Они подчеркнули влияние Союза писателей Якутии на культуру республики, выразили надежду на дальнейшую эффективную работу. 

Местников отметил, что Правительство Республики Саха (Якутия) продолжит всячески поддерживать Союз писателей Якутии и другие литературные объединения, а также издательство «Айар». Он напомнил, что грядет знаменательная дата - 125-летие якутской письменной литературы в 2025 году, а в ближайшее время пройдет фестиваль «Благодать большого снега». В финале речи Сергей Васильевич вручил Наталье Ивановне благодарственное письмо от Правительства РС (Я). 

«Хотелось бы поблагодарить Наталью Ивановну за невероятный труд – в том числе за антологию произведений Алампа на 32 языках, это фундаментальный проект. Очень важно, чтобы все жители Якутии приобщались к духовному богатству народа. Надо, чтобы молодежь понимала, что у нас есть своя литература, народные писатели, которыми надо гордиться. Чтобы вся Россия оценила литературу народов Севера», - высказался следом Афанасий Иванович Ноев.

Съезд поздравил и председатель правления Ассоциации писателей Якутии, заведующий кафедрой журналистики филологического факультета СВФУ Олег Сидоров. Приветственные письма Союзу писателей Якутии поступили от Союзов писателей России, Тывы, Азербайджана, Татарстана. Слово сказали многие известные писатели и поэты Якутии – в том числе Николай Лугинов, Сергей Москвитин и Елена Слепцова-Куорсуннаах.

Во второй половине съезда состоялись выборы нового состава правления и нового председателя Союза писателей Якутии. Сначала были избраны одиннадцать членов правления Союза, затем большинством голосов выбран преемник Натальи Ивановны – Гаврил Гаврильевич Андросов. Он выразил благодарность за оказанное доверие, пожелал писателям активной работы и больше написанных книг. В ближайшее время ему предстоит составить и начать реализовывать план работы Союза писателей на следующие пять лет.

Последним на заседании высказался Рустам Каженкин-Арчы Уола, которого избрали заместителем Андросова: «На съезде двадцатилетней давности мы с Гаврилом были. Сидели на последнем ряду, слушали выступления президиума. Мы учились тогда на спецкурсе у Натальи Ивановны… Сейчас на нас большая ответственность, мы надеемся на помощь старших писателей и членов Совета молодых литераторов Якутии. Будем стараться работать, спасибо членам правления за доверие».

На заседании были вручены благодарственные письма, грамоты и награды членам Союза писателей Якутии.

 

Максим Эверстов, писатель, сотрудник Медиацентра Национальной библиотеки РС (Я).

Banner-sayt-_37_.png
Banner-sayt-_37_.png

Кинигэ сүрэхтэниитэ

Балаҕан ыйын 23 күнүгэр биһиги нэһилиэкпитигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, Арассыыйа суруйааччыларын союһун чилиэнэ, поэт, прозаик, драматург, критик, учуутал Иннокентий Наумович Левин олоҕун уонна айар үлэтин сырдатар “Иннокентий Левин - Ньээчэс” диэн кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста. Кинигэни хомуйууга ССРС култууратын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Кэбээйи улууһун бочуоттаах олохтооҕо Савелий Николаевич Тимофеев-Ыллык, Арассыыйа суруйааччыларын союһун чилиэнэ, улуустааҕы “Лена долгуннара”, Кэбээйи нэһилиэгин “Кулуһун кут” литературнай тумсүүлэрин салайааччыта Иосиф Григорьевич Кобяков, бииргэ үөрэммит доҕоро, СӨ “Көмүс бөрүө” бириэмийэтин лауреата, СӨ бэчээтин туйгуна, Нам уонна Кэбээйи улуустарын бочуоттаах олохтооҕо, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына Григорий Константинович Эверстов-Тыыппалаах үлэлэстилэр.

Маны таһынан кинигэ тахсыытыгар көмөлөстүлэр Арассыыйа биир кэлим энергосистематын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ энергетикатын бочуоттаах үлэһитэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына Гаврил Прокопьевич Левин, «Отличник бытового обслуживания населения и ремесленничества РФ» бэлиэ хаһаайката, суруйааччы балта Полина Иннокентьевна Адамова, Иннокентий Наумович ийэ өттүнэн аймаҕа Григорий Афанасьевич Куличкин, төрөппүт кыыһа Туйаара Иннокентьевна Левина, Евгений Дмитриевич Дьяконов. Кинигэ Дьокуускай куоракка “Дани-Алмас компания” типографиятыгар бэчээттэнэн 240 экземплярдаах бу сайын күн сирин көрдө.

Бу саҥа кинигэҕэ поэт, драматург, кэпсээнньит, публицист Иннокентий Наумович Левин-Ньээчэс туһунан чугас дьонун, үөлээннээхтэрин, биир идэлээхтэрин араас кэмҥэ суруллубут ахтыылара түмүллэн киирдилэр. Ону тэҥэ бээчээккэ тахсыбатах оҕолорго аналлаах хоһоонноро ааҕааччы киэҥ араҥатын сэҥээриитин ылыахтара.

Кинигэ сүрэхтэниитигэр Е.Е. Эверстов аатынан Кэбээйи орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ 1 “а” кылаас (сал. Кривошапкина С.С.), 5 “б” , 6 “а” кылаастар (сал. Терехова А.П.), Лепчиков Ермак 6 “б” кыл. (сал. Егорова М.И.) кыттыыны ыллылар.

Дьоро күн ытык-мааны ыалдьыттарынан анаан Нам сириттэн Григорий Константинович Эверстов, Чурапчыттан суруйааччы төрөппүт кыра кыыһа Туйаара Иннокентьевна Левина, Дьокуускай куораттан аймаҕа Гаврил Прокопьевич Левин, Сангартан Кэбээйи улууһун аҕа баһылыга Иван Иванович Левин, Мукучуттан делегация - нэһилиэктэрин аҕа баһылыга Николай Иванович Левин, Мукучутааҕы модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ Им Ия Николаевна, Танара орто оскуолатын библиотекара Ксенья Егоровна Новикова айаннаан кэлэн, ис сүрэхтэриттэн истиҥ ахтыыларын оҥорон, тэрээһин суолтатын үрдэттилэр.

Иннокентий Наумович төрөөбүт-үөскээбит “Оҕус тириитэ” сирин үйэтитии үлэтин күүстээхтик ыытар СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээл, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайыннара, Кэбээйи улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Кэбээйи нэһилиэгин бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэсэдээтэлэ Егор Авксентьевич Павлов кэлбит ыалдьыттары “Ытык сиргэ” сарсыарда өттүгэр таһааран көрдөрбүтүн биһирээтилэр.

эбээйи нэһилиэгиттэн кинигэ сүрэхтэниитигэр аҕа баһылык солбуйааччыта Михаил Романович Софронеев, кинигэ тахсыытыгар үлэлэспит Иосиф Григорьевич Кобяков, бииргэ үөрэммит доҕоро Нина Григорьевна Харлампьева, суруйааччы аймах-билэ дьонноро кыттыыны ыллылар. “Күбэйэ” ансамбль (сал. Максимова М.С.), Т.Е. Сметанин аатынан Кэбээйитээҕи народнай театр артыыстара (реж. Иванова Н.А.), “Ыллам” вокальнай ансамбль (сал. Обутова О.И.) тэрээһини киэргэттилэр.

Тэрийэр бөлөх аатыттан кыттыыны ылбыт бары ыалдьыттарга, нэһилиэкпит олохтоохторугар, “Сайдам” норуот айымнытын киинин үлэһиттэригэр (сал. Полятинская Н.И.) барҕа махталбытын тириэрдэбит.

Г. Г. Кобяков аатынан Кэбээйитээҕи модельнай библиотека.

hKR5-JLK6vg.jpg
0D7VoQWZ-dw.jpg
X5m55Ls76VQ.jpg
nDg76xnu-74.jpg
"Чолбон" сурунаал 8 №-гэр Сюзанна Кондакова саҥа хоһоонноро бэчээттэнэн таҕыстылар.
WhatsApp Image 2023-08-26 at 22.58.02.jpeg
      Бүгүн Тыайа нэһилиэгэр "Күөх далай бэлэҕэ" диэн олохтоох суруйааччылар хомуурунньук кинигэлэрэ сүрэхтэннэ. Кинигэ 2022 сыл нэһилиэкпитигэр күөл сылынан аҕа баһылыкпыт С. С. Дьяконов дьаһалынан биллэриллибитигэр ананан таҕыста. Бу кинигэни Н. Х. Дьяконов аатынан Тыайа орто оскуолатын  музыкаҕа учуутала  М. П. Килижекова үөрэнээччитинээн Света Полятинскаялыын хомуйан таһаардылар.
      Өбүгэ саҕаттан Кэбээйи улууһугар күөлгэ, балыктааһыҥҥа ураты улахан болҕомто ууруллар. Ол курдук, бу кинигэ дойдуга таптал, ахтылҕан, муҥха, күөлгэ ураты сыһыан туһунан буолла.
          Кинигэни олохтоох дьаһалта өйөбүлүнэн "Цикл" типографияҕа бэчээттээн таһаардылар.

 
                                                                  Сюзанна Кондакова.
WhatsApp Image 2023-08-24 at 13.21.16.jpeg
WhatsApp Image 2023-08-24 at 13.21.15.jpeg
whatsapp-image-2023-07-20-at-17.18.29.jpeg

От ыйын 18-20 күннэригэр Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа, «Саха сирин суруйааччыта» ассоциация өйөбүлүнэн, Суоттутааҕы айар маастарыстыба сэттис семинарын тэрийэн ыытта. Бу семинарга биһигиттэн Сюзанна Кондакова баран үөрэнэн, биир дьарыктаахтарын кытта астына санаа атастаһан кэллэ. 

Сиһилии: https://ulus.media/2023/07/25/suottuga-eder-surujaachchylar-ajar-tyhylge5e-muhunnular/

Screenshot_20230426-113258_Chrome.jpg

Кэбээйилэр поэт, суруналыыс Петр Кобяков - Оһуордуурап 85 сааһын  бэлиэтээтилэр.

Сиһилииhttps://архив.дабаан.рф/article/95804

20230331_170154.jpg

Кулун тутар 31 күнүгэр Кэбээйи нэһилиэгэр Алексей Калининскай - Луҥха Өлөксөй ырыаһыт, үҥкүүһүт, айар куттаах дьону кытта көрүстэ. 

Сиһилии: https://drive.google.com/file/d/1hMcZ11BQmjm-exg0QTBi12Mi6Nfu9xtQ/view?usp=sharing

WhatsApp Image 2023-03-31 at 23.15.00.jpeg

Суруйааччы Константин Эверстов айар киэһэтэ буолла

Кулун тутар 30 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ Арассыыйа уонна Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, прозаик Константин Эверстов айар киэһэтэ буолла. Бу көрсүһүү ааптар үбүлүөйдээх сылын бэлиэтээһин чэрчитинэн ааста. 

Сиһилии: https://sakha-sire.ru/surujaachchy-konstantin-everstov-ajar-kiehete-buolla/

Кобяковы.jpg

«Саҥалыы айыллар аналым»

Кулун тутар 21 күнүгэр 2023 сыллаахха  Кэбээйитээҕи кыраайы үөрэтэр түмэлгэ Аан дойдутааҕы Поэзия күнүгэр “Саҥалыы айыллар аналым“ диэн ааттаах айар куттаах Кэбээкэптэргэ аналлаах тэрээһин ыытылынна. Бу тэрээһини  «Кулуһун кут» айар түмсүү, Г. Г. Кобяков аатынан модельнай библиотека, кыраайы үөрэтэр түмэл бииргэ эрдэттэн былааннаан  тэрийдилэр. Биэчэри «Кулуһун кут» айар түмсүү салайааччыта И. Г. Кобяков уонна Кэбээйи орто оскуолатын саха тылын, литературатын учуутала Егорова М. И. бэрт интэриэһинэйдик, сонуннук астылар.

 Марина Ивановна Кэбээкэп аймахха умсулҕаннаах уус тыллаах, бастар бараммат баай тыллаах сээркээн сэһэнньиттэр олорон ааспыттарын кэпсээтэ. Кобяков Анисим Алексеевич - Анньыыһын оҕонньор «Эрдьигэн Бэргэн», «Кыыс Кыламантай бухатыыр», «Оҕо Тулаайах», «Баараҕай күүстээх Барымты Баатыр» олоҥхолорун Сэһэн Боло Кэбээйигэ сылдьан сурунан национальнай архивка киллэрбитин, Иван Семенович Кобяков – Чоруун «Харыйа мас ырыата», «Остуол ырыата» диэн ырыаларын кыыһыгар суруттаран хаалларбытын, импровизатор ырыаһыт буоларын сырдатта. Кэпсээннэри, үһүйээннэри, остуоруйалары кэпсиир уус тыллаах ураты талааннаах киһи Афанасий Семенович Кобяков - Хонооһой оҕонньор таабырыннарын таайтарда. Оҕолорго бу олорон ааспыт дьон айан хаалларбыт айымньыларын киэҥ эйгэҕэ таһаарарга, чинчийии, үөрэтии наадалааҕын ыйда.

Биэчэр иккис түһүмэҕэр айар куттаах Кэбээкэптэргэ: Петр Саввич, Петр Иванович, Андрей Григорьевич, Григорий Григорьевич, Иосиф Григорьевич поэзияларыгар анаабыппыт. Чугас аймахтара оччотооҕу кэми эргитэн, олус долгуйан туран ахтан-санаан кэпсээтилэр. Иһирэх, истиҥ кэпсэтии, сэһэргэһии, санаа атастаһыыта буолла. «Кулуһун кут» айар түмсүү, оскуола оҕолоро поэттар хоһооннорун аахтылар уонна бэйэлэрин  санааларын  үллэһиннилэр. Айар дьоммут Кэбээкэптэр тылларыгар айыллыбыт ылбаҕай ырыалары иһиттибит, ахтылҕаннаах видеолары уонна саҥалыы таҥыллыбыт клиптары көрдүбүт. Стручкова Любовь Петровна кыыһынаан Моникалыын аҕаларын, эһэлэрин Петр Иванович Кобяков - Оһуордуурап «Кэбээйим барахсан” хоһоонугар суруллубут ырыатын ыллаан дьон-сэргэ кэрэхсибилин ыллылар. Бэйэтэ ураты талааннаах Сивцева Валентина Никифоровна айбыт ырыаларын иһиттибит. Талааннаах Кэбээкэптэр сыдьааннара Кэбээйи оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ  Денис Лепчиков 6 кылаастан айбыт хоһоонноруттан ааҕан иһитиннэрдэ. Икки хоһооно ырыа буолан эдэр  ыччат сөбүлээн ыллыыр ырыата буолан тарҕаммыт. Хас да хоһооно эдэр ыччат түмсүүтүн күрэҕэр кыттан биһирэммит. Иһирэх истиҥ көрсүһүү кыттыылаахтара, ыалдьыттара нэһилиэккэ айар куттаах Кэбээкэптэр хоһоонноругар суруллубут ырыаларынан кэнсиэр тэрийэри, Г. Г. Кобяков аатынан библиотека иһинэн  Кэбээкэптэр ааҕыыларын ыытарыгар этии киллэрдэ.

Поэзия күнүгэр айар талааннах күндү, кэрэ дьоммут хоһоонноро ааҕыллан «саҥалыы айыллыбыт” кэриэтэ дууһаны долгутта, ыраас, уйан тылларга куустаран өйдүүн-санаалыын сырдаан, үөрэн-көрөн,  кинилэр өлбөт-сүппэт хоһоонноругар сүгүрүйэн тарҕыстыбыт. Бу буоллаҕа -  Поэзия күүһэ!

А IMG-20230322-WA0052.jpg

Айталина Максимова,  Кэбээйитээҕи кыраайы үөрэтэр түмэл үлэһитэ.

WhatsApp Image 2023-01-29 at 22.09.47 (1).jpeg
                                                      Кэбээйилэр суруйааччылары кэриэстииллэр
Биһиги Кэбээйибит буоруттан төрүттээх суруйааччыларбыт Петр Семенович Максимов уонна Иван Иванович Иннокентьев кылгас кэминэн быысаһан бу орто дойдуттан бартара сыл буолла. Бу Саха сирин суруйааччыларын кэккэлэригэр улахан сүтүк. Маннык талааннаах дьон дэҥҥэ көстөн ааһаллар. Петр Семенович да, Иван Иванович да Кэбээйигэ төрөөтөллөр да дойдуларыгар дэҥҥэ көстөн ааспыт дьоннор. Ол гынан баран кинилэр куруук кэбээйилэрбит диэн дойдуларын өрө тута сылдьыбыттара. 
Сиһилии:
 
https://архив.дабаан.рф/article/87850
 
Аврора.jpg

Соторутааҕыта Санкт-Петербурга тахсар "Аврора" литературнай сурунаал 4-с №-гэр  Саха сирин суруйааччыларын айымньылара нууччалыы тылбаастанан та5ыстылар. Ордук үөрүүлээҕэ - бу  автордар ортолоругар биһиги биир дойдулаахтарбыт суруйааччы Иван Иннокентьев уонна поэт Иосиф Кобяков киирбиттэрэ буолар. Аннотацияны бу сиһигинэн көрүөххэ сөп: Свежий номер журнала "Аврора".

WhatsApp Image 2022-12-15 at 10.26.50.jpeg

Сюзанна Кондакова хоһоонноро - "Киин куорат " хаһыакка

Зайчик.jpg

Венера Лугинова Саҥа дьылы көрсө кырачааннарга анаан "Куобах куттас буолбатах!" диэн остуоруйаны суруйда. Бу бэртээхэй остуоруйаны оҕолоргутугар ааҕан иһитиннэриҥ.

Остуоруйаны бу сиһигинэн киирэн ааҕыахха сөп:

https://архив.дабаан.рф/article/81703

Эргиллиҥ.jpg

Кэбээйи "Үтүө түгэн» үрүҥ көмүс волонтердара Венера Лугинова уонна Христина Софронова
Сиһилии:
https://архив.дабаан.рф/article/80498 

WhatsApp Image 2022-10-28 at 23.14.27.jpeg

Бу күннэргэ "Дани-Алмас" кинигэ кыһатыгар Любовь Борисова - Таптал Чагда "Күнтэн саҕыллар күннээх санааларым" диэн хоһооннорун хомуурунньуга бэчээттэнэн таҕыста. Кинини түмсүүбүт аатыттан  үһүс кинигэтэ күн сирин көрбүтүнэн эҕэрдэлиибит.  Хоһооннору бу сиһигинэн киирэн ааҕыаххытын сөп: "Күнтэн саҕыллар күннээх санааларым"

ЛитРоссия.jpg

Бу күннэргэ "Литературная Россия" хаһыат 36 №-гэр Иосиф Кобяков хоһооннорун нууччалыы тылбаастара бэчээттэнэн таҕыстылар.

Хоһооннору бу сиһигинэн киирэн ааҕыаххытын сөп: Литературная Россия №36

WhatsApp Image 2022-10-05 at 15.12.09.jpeg

 "Уоттаах модун санаабыт уҕарыйыа дии санаабаппын..." диэн САССР  тэриллибитэ 100 сылыгар уонна М. К. Аммосов төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах аһаҕас хоһоон күрэҕин түмүктэрэ таҕыстылар.

Сиһилии: https://saydam.my1.ru/

IMG-20220923-WA0057.jpg

 Балаҕан ыйын 23 күнүгэр П. Д. Степанов аатынан Кэбээйитээҕи кыраайы үөрэтэр түмэлгэ "Григорий Кобяков көмүс күһүнэ" диэн тэрээһин буолан ааста.

Сиһилии: https://архив.дабаан.рф/article/72426

WhatsApp Image 2022-09-22 at 21.45.13.jpeg

 Бу күннэргэ биир дойдулаахпыт суруйааччы Константин Эверстов "Оһолу-моһолу туораан..." диэн кинигэтэ күн сирин көрдө.

Сиһилии: https://edersaas.ru/o-olu-mo-olu-tuoraan-te-e-tuorastym/

1.jpg
2.jpg

"Чолбон" сурунаал бу дьыл атырдьах ыйынааҕы нүөмэригэр Сюзанна Кондакова хоһооннорун бөлөҕө бэчээттэнэн таҕыста. Сюзаннаны түмсүү аатыттан эҕэрдэлээн туран киниэхэ айар үлэтигэр саҥа үрдэллэри баҕарабыт.

WhatsApp_Image_2022-09-05_at_15.59.37.jpeg

Биһиги түмсүүбүт чилиэнэ Вера Прокопьева - Итэҕэл "Тобуруокап көмүс күһүнэ" хоһоон түһүлгэтигэр сылдьан Ираида Коркинаҕа - Чугдаараҕа биэрбит интервьютун ааҕыҥ, сэргээҥ:  https://kyym.ru/sonunnar/kultura/9969-toburuokap-k-m-s-k-ne-kho-oon-k-l-t-lgetiger-duu-alyyn-synnannym

muttuhhaj-molodye-2048x670.jpg

Суруйааччы, суруналыыс Валерий Васильевич Васильев - Муттуххай Бороҥ сырдык кэриэһигэр кэтэхтэн куонкуруска Сюзанна Кондакова кэпсээнэ биһирэбил бирииһинэн бэлиэтэннэ.

Сиһилии:  https://edersaas.ru/en-talaa-ar-s-g-r-jen/

Screenshot_20220705-151421_WhatsApp.jpg

Светлана Самсонова - Сиибиктэ   "Уһун Дьурантаайы" диэн республика суруналыыстарын сойууһун күрэҕэр кыттан "Бастыҥ ырытааччы" номинацияҕа иккис биһирэбилинэн бэлиэтэннэ.

Сиһилии:https://kiinkuorat.ru/articles/u-un-durantaayy-2022-t-m-ge-ta-ysta

20220603_110801.jpg

Светлана Самсонова - Сиибиктэ   "Туолбатах дьаһал" диэн кэпсээнэ английскай тылынан саҥарда.

Сиһилии: https://mukuchubook.wixsite.com/biblio/post/подкаст-14-на-английском-языке-наталья-яковлева

Музей.jpg

Биһиги музейбыт библиотеката саҥа экспонатынан байда – поэт Иосиф Кобяков Роберт Льюис Стивенсон «Вереск мүөтэ» балладатын нууччалыыттан тылбаастаан ааҕааччыларга бэлэх уунна.

Сиһилии: https://muzeykobyay.wixsite.com/muzey

f35be3c6-b30c-42ee-b7c6-d7e317d0a205.jpg
9d6bced1-59bf-4e5d-a4a0-d0565ffd703e.jpg

 Бу күннэргэ Ньургуһун күнүгэр анаан  «Ньургуһун – олох, таптал, Кыайыы сибэккитэ» диэн  куйаар ситимин нөҥүө хоһооҥҥо, уруһуйга, ырыаҕа республиканскай күрэх  буолан ааста. Биһиги түмсүүбүт чилиэттэрэ Вера Прокопьева - Итэҕэл уонна Венера Лугинова бу күрэххэ ситиһиилээхтик кытыннылар. Сиһилии

20220523_093424.jpg

     Биһиги түмсүүбүт чилиэнэ Г. В. Иванов дэгиттэр талааннаах киһи. Кини айар үлэнэн эрэ буолбакка кыраайы үөрэтиинэн, төрөөбүт дойдутун кэрэхсэбиллээх көстүүлэрин хаартыскаҕа түһэриинэн үлүһүйэн туран дьарыктанар.  

     Аан дойдутааҕы музей күнүгэр аналлаах тэрээһиннэргэ Геннадий Васильевич киһи эрэ сэргиэх, астыныах  “Кыыс Луҥха кэрэ көстүүлэрэ” диэн фотовыставкатын П. Д. Степанов аатынан  Кэбээйитээҕи кыраайы үөрэтэр түмэл саалатыгар туруорда.

     Сиһилии: https://архив.дабаан.рф/article/57474

0cbb0a71-9e7e-4598-bd55-0d268c9ff497.jpg
Биир дойдулаахтарбыт айар үлэлэрэ Казахстаҥҥа дьон-сэргэ биhирэбилин ыллылар.
Сиһилии: 
https://архив.дабаан.рф/article/53791
IMG-20220415-WA0006.jpg

Ааспыт ый бүтэһик күннэригэр Эдэр суруйааччылар 23-с Республикатааҕы Сүбэ мунньахтара ыытылынна. Бу мунньахха биһиги түмсүүбүт чилиэнэ Светлана Самсонова - Сиибиктэ кытыыны ылла. Кини мунньах туһунан санаатын үллэстэр

Сиһилии:https://архив.дабаан.рф/article/50878

ЭверстовКС.jpg

 Бу күннэргэ түмсүүбүт прозаҕа эйгэтин салайааччыта, РФ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Константин Эверстов "Номох буолбут Ньукулай" диэн кинигэтэ күн сирин көрдө.

Сиһилии: https://архив.дабаан.рф/article/49296

index.jpg

Кулун тутар 28-30 күннэригэр Эдэр суруйааччылар  Республикатааҕы Сүбэ мунньахтара ыытылынна. Бу мунньахха биһиги түмсүүбүтүттэн 2 ааптар: Мукучуттан Светлана Самсонова - Сиибиктэ уонна Тыайаттан Сюзанна Кондакова ситиһиилээхтик кытыннылар. Кинилэри түмсүүбүт аатыттан истиҥник эҕэрдэлиибит уонна айар үлэлэригэр өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.

Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ: https://kyym.ru/sonunnar/main/9095-s-k-n-ustata-eder-surujaachchylar-xxiii-r-sp-b-l-ketee-i-s-be-munnakhtara-yytylynna

Сметанина Екатерина Егоровна.jpg

Аҕа табаарыспытын, эдьиийбитин, "Кулуһун кут" уонна  "Лена долгуннара" литературнай түмсүүлэр кыттыылаахтарын Е. Е. Сметанинаны кулун тутар 11 күнүгэр 85 сааһын туолбутунан эҕэрдэлиибит. Аллара баар сигэнэн киирэн Екатерина Егоровна кэнники  хоһооннорун ааҕыҥ,  сэргээҥ:

  Саҥа хоһооннор.

Screenshot_20220226-205620_Chrome.jpg

 "Кэбээйи сүрэхпит биһигэ" диэн саҥа ырыа дьон сэҥээриитигэр таҕыста. Ырыа тылларын Кэбээйи нэһилиэгин "Кулуһун Кут" айар түмсүүтэ суруйан, СӨ мелодистарын сойууһун чилиэнэ Алексей Калининскай - Луҥха Өлөксөйө мелодия айан уонна бэйэтэ толорон куйаар ситимин устун көтүттүлэр. 
Сиһилии: 
https://xn--80aaacn2d.xn--p1ai/article/43309

20220212_220811.jpg

Түмсүүбүт чилиэнэ Венера Лугинова

"Күн күлүмэ" хоһооннорун кинигэтэ күн сирин көрдө

Сиһилии: https://архив.дабаан.рф/article/41786

изображение_2021-12-10_224338.png

Биһиги түмсүүбүт саамай аҕа саастаах чилиэнин Савелий Николаевич Тимофеевы 80 сыллаах юбилейынан чиэстээтилэр. 

Сиһилии: https://архив.дабаан.рф/article/34079

Кулуһун кут.jpg

"Кулуһун кут" Ыллыгы  эҕэрдэлээтэ

Сиһилии: https://архив.дабаан.рф/article/35396

123.jpg

Бу күннэргэ Саха сирин суруйааччыларын сойууһун уочараттаах муньаҕа буолан ааста

20211130_221937.jpg

Биһиги ааптардарбыт В. Лугинова уонна П. Кычкин - Сайылык Бүөтүрэ Хомус күнүгэр "Дьүрүһүй, хомуһум, дьүрүһүй!" диэн саҥа ырыалара сүрэхтэннэ.

Истиҥ ааптар толоруутугар: https://www.instagram.com/tv/CW4iPKloq7x/?utm_medium=share_sheet

Прокопьева Вера Николаевна.jpg

Түмсүүбүт чилиэнин Вера Прокопьеваны - Итэҕэли "Уукун, күөх боллох бэлэхтэрэ" куйаар ситиминэн ыытыллыбыт "Байанай" ыйыгар аналлаах күрэххэ үрдүк ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибит!

IMG-20210514-WA0086.jpg

Мукучутааҕы модельнай библиотека  кырачаан ааҕааччыта "Ноотуу" - сөбүлүүр кинигэм" буктрейлери оҥорон бэлэмнээтэ.

Сиһилии: https://www.instagram.com/tv/CW2WZJxptE0/?utm_medium=copy_link

20210812_211353.jpg

Быйыл "Ньурба уоттара" литературнай түмсүү тэриллибитэ 50 сылын туолла. Бу үйэ аҥардааҕы үбүлүөйгэ анаан түмсүү урукку, кэлиҥҥи ааптардарын айымньыларын түмэн "Ньурба уоттара" диэн дьоһуннаахай кинигэ бэчээттэнэн таҕыста. Бу кинигэҕэ Ньурбаттан төрүттээх биһиги "Лена долгуннара" түмсүүбүт биир көхтөөх кыттааччыта  Светлана Самсонова - Сиибиктэ хоһоонноро киирдилэр. Биһиги Светлана Николаевнаны кини айар үлэтин саҕалаабыт түмсүүтүн кэрэ, бэлиэ түгэнинэн эҕэрдэлиибит уонна киниэхэ айар үлэтигэр саҥа чаҕылхай ситиһиилэри баҕарабыт.

Ноотуу.jpg
Сиибиктэ "Ноотуу" кэпсээнэ - араадьыйаҕа.
Ааҕар Индира Софронова
Экскурсии.jpg
Лена долгуннара.jpg

Кэбээйи ааптардарын айымньылара киэҥ куйаарга тарҕанар

Screenshot_20210630-200204_Instagram.jpg

Елена Антонова - Күн Сиккиэрэ Сунтаар улууһун "Долгун" радиотыгар Иосиф Кобяков поэзиятын туһунан санаатын үллэстэр

20210619_230158.jpg

Айар Саргы "Айар куттаах биир дойдулаахтарбыт" радионан биэриигэ

Т. Сметанин кыыьа.jpg
Screenshot_20210527-112838_Yandex.jpg

Улуу Кыайыы 76 сылыгар анаан Кэбээйи нэһилиэгэр хоһоон күрэҕэ буолан ааста

20210512_235747.jpg

Любовь Борисова - Таптал Чагда хоһооннорун кинигэтэ бэчээккэ таҕыста

Сиибиктэ.jpg

Светлана Самсонова - Сиибиктэ айар үлэтэ хоһоон күрэҕэр биһирэннэ

Венера.jpg

Кэбээйи нэһилиэгиттэн Венера Лугинова хоһоон күрэҕэр ситиһиилэннэ

"Эһигинэн киэн туттабыт" өрөспүүбүлүкэтээҕи хоһоон күрэҕин түмүктэрэ

Титов.jpg

Светлана Самсонова - Сиибиктэ В. Титов кэриэһигэр анаммыт кэпсээн күрэҕэр бастаата

Федоров2.png

В Ситтинском наслеге чествовали юбиляра - писателя В. Федорова

Федоров.jpg

В. Федоров: "Мин кэбээйибин!"

WhatsApp Image 2021-04-09 at 20.39.05.jp

Кэбээйигэ "Кулуһун куттар" үөрүүлэрин үллэһиннилэр

Дьокуускайга поэт Иосиф Кобяков айар биэчэрэ буолла

bottom of page