"Лена долгуннара"
литературнай түмсүү
Түмсүү салайааччыта -
Кобяков Иосиф Григорьевич
Хайысхаларынан эппиэтинэстээх дьон:
Поэзия эйгэтэ
Проза эйгэтэ
Кобяков Иосиф Григорьевич,
Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ
Эверстов Константин Семенович,
Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ
Айымньылары ырытыы эйгэтэ
Самсонова Светлана Николаевна - Сиибиктэ,
Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ
Эдэр ааптардары кытта үлэ эйгэтэ
Прокопьева Вера Николаевна -
Итэҕэл
Түмсүүбүт кылгас историята
Арҕаска оройуон эдэр автордарын бастакы сүбэ мунньахтара түмүктэннэ
"Лена долгуннара" түмсүү
Партия оройуоннааҕы комитетын пропагандаҕа уонна агитацияҕа отделын, «Ленинец» хаһыат көҕүлээһиннэринэн, ССРС суруйааччыларын саха сиринээҕи бырабылыанньатын өйөөһүнүнэн биһиги оройуоммутугар олохтоох автордар бастакы сүбэ мунньахтара Арҕас бөһүөлэгэр буолан ааста.
Мунньахха кыттыыны ыллылар: Саха сирин суруйааччыларын бырабылыанньатын представителэ, биллиилээх поэт, прозаик Николай Босиков, ССРС журналистарын Союһун чилиэнэ, «Хотугу Сулус» сурунаал отделын сэбиэдиссэйэ, эдэр автор Иван Егоров, ССКП Кэбээйитээҕи райкомун пропагандаҕа уонна агитацияҕа отделын сэбиэдиссэйэ С. И. Кобяков, үөрэх оройуоннааҕы отделын сэбиэдиссэйэ Г. А. Иванов, ЫБСЛКС райкомун иккис секретара С. И. Иванов о.д.а.
Кылгас киирии тылынан С. И. Кобяков нэһилиэк активын уонна «Луҥха» литературнай куруһуок чилиэннэрин кытта көрсүһүүнү аста. Ити кэнниттэн олохтоох автордар бастакы мунньахтарын эҕэрдэлиир телеграммалары «Ленинец» хаһыат солбуйааччы редактора М. И. Слепцов аахта. Ригаттан Николай Лугинов, Алма-Ататтан Василий Иванов, Якутскайтан курска сылдьар сельсовет председателлэрин ааттарыттан Куокуй сельскэй Советын исполкомун председателэ Т. А. Тихонова о.д.а. эҕэрдэлээбиттэр.
Бу көрсүһүүгэ тыл эттилэр Сэбээн-Күөлтэн эбээн поэта Гавриил Кейметинов, Сииттэттэн мелодист учуутал Серафим Гоголев, Кэбээйиттэн биригэдьиир, эдэр автор Петр Оһуордуурап, ССКП райкомун инструктора В. И. Попов, Сайылыктан бухгалтер, эдэр автор Светлана Яковлева, Куокуй аҕыс кылаастаах оскуолатын директора М. П. Спиридонова, «Хотугу Сулус» сурунаал үлэһитэ Иван Егоров.
Ити кэнниттэн эдэр автордар сүбэ мунньахтара буолла. Манна С. И. Кобяков этии киллэриитинэн олохтоох автордар оройуоннааҕы Советтара биэс киһиттэн састааптаах тэрилиннэ. Председателинэн М. И. Слепцов, солбуйааччынан В. И. Попов, чилиэннэринэн С. С. Петров (Куокуй), Г. Г. Кобяков (Сииттэ), А. В. Кривошапкин (Сэбээн-Күөл) талылыннылар. Мунньах кыттыылаахтара бочуоттаах ыалдьыт Николай Босиков этии киллэриитинэн оройуоннааҕы литературнай түмсүүгэ «Лена долгуннара» диэн ааты биэрэри биир санаанан биһирээн ылыннылар. Манна даҕатан эттэххэ, бу аат саха биллиилээх суруйааччыта, биһиги биир дойдулаахпыт Тимофей Сметанин аатын ааттатар, үйэтитэр кини сырдык мөссүөнүн кэриэстиир инниттэн суруйааччы биир чулуу айымньытын аатынан бэрилиннэ.
Итини сэргэ литературнай түмсүү Сангаарга нууччалыы, Сэбээн-Күөлгэ эбээннии секцияларын тэрийэн үлэлэтэллэригэр Совет чилиэннэрин В. И. Поповы, А. В. Кривошапкины эбээһинэстээтэ.
Литературнай түмсүү чилиэннэрин айымньыларын сылга иккиттэн итэҕэһэ суох киэҥ ырытыы оҥорон оройуон хаһыатын страницаларыгар бэчээттииргэ сүбэ оҥоһулунна.
Семинарга эдэр автордар айымньыларын ырытыы уонна дьүүллэһии буолла. Поэт Николай Босиков бу ырытыыны салайан ыытта. Кини ырытыыны түмүктүүрүгэр үгүс олохтоох автордар айымньыларыгар уопсай, үрдүттэн күдээринэ суруйуу элбэҕин, уобарастааһын аҕыйаҕын, ылыллыбыт темалар чопчу арыллыбаттарыгар балачча киэҥник тохтоото, сорох автордар айымньыларыгар баар итэҕэстэри чопчу ыйан көмөлөстө.
Иван Егоров айымньылары ырытарыгар кэккэ автордар суруйар ыырдара, темалара кыараҕаһыгар, наһаа бытааннык, дьүккүөрэ, көҕө суох үлэлииллэригэр тохтоото.
Киэһэ эдэр автордар Арҕас бөһүөлэгин общественноһын кытта көрсүһүүлэрэ Куокуйдааҕы СДК дьиэтигэр буолла. Көрсүһүүнү саҥа тэриллибит «Лена долгуннара» литературнай түмсүү председателэ М. И. Слепцов салайан ыытта.
Суруйааччы Н. А. Босиков «Саха советскай литературатын тирээн турар соруктарын туһунан» дакылааты оҥордо. Бэйэтин айымньыларыттан «Тиис туһунан», «Сиидэ», «Олимпийскай Мишка» диэн саҥа хоһооннорун ааҕан иистээччилэр биһирэбиллэрин ылла.
«Хотугу Сулус» сурунаал очеркаҕа отделын сэбиэдиссэйэ И. И. Егоров сурунаал 1980 сылга үлэтин былаанын туһунан сиһилии сырдатта. Бүтүүтүгэр Саха сиринээҕи кинигэ издательствотыгар саҥа бэчээттэнэн тахсыбыт ааспыт Улуу сэриигэ биэс уолун сүтэрбит Февронья Малгина туһунан «Хобороос» диэн лирическэй драматын кинигэтиттэн быһа тардыылары ааҕан истээччилэри долгутта. Аҕа дойду сэриитигэр фашистскай халабырдьыттары Кыайыы 35 сыла туолуутунан сибээстээн таһаарыллыбыт бу кинигэтин сэрии уонна үлэ ветераныгар, Арҕас бөһүөлэгин ытык кырдьаҕаһыгар Егор Афанасьевич Петровка автор туттарбытын дохсун ытыс таһыныытынан көрүстүлэр.
Республикаҕа, оройуоҥҥа киэҥник биллэр Куокуй аҕыс кылаастаах оскуолатын иһинэн үлэлиир «Луҥха» литературнай куруһуок үлэтин туһунан салайааччы учуутал Степан Спиридонович Петров сиһилии сырдатта. Уопсайынан да «Луҥха» литературнай куруһуок үлэтин мунньах кыттыылаахтара сиһилии билсистилэр: опыт атастастылар, улаханнык биһирии иһиттилэр, астына көрдүлэр. Үгүс оскуолалар маннык литературнай куруһуоктары тэрийэн үлэлэтэллэрэ наадалааҕар уонна Куокуй оскуолатыгар кииннээн эһиил оройуон оскуолаларын куруһуоктарын активнай кыттааччыларын слетун ыытарга санааларын эттилэр.
Ити куруһуок активнай чилиэнэ үөрэнээччи Аня Сметанина "Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 60 сааһын туолуутугар" диэн хоһоонун кэрэхсэбиллээхтик аахта.
Республикаҕа киэҥник биллэр олохтоох мелодист С. И. Гоголев мустубут дьон иннигэр бэйэтин айымньыларыттан үс ырыаны ыллаан иһитиннэрдэ. Итини тэҥэ Сангаартан партийнай үлэһит Владимир Попов, Кэбээйиттэн биригэдьиир Петр Оһуордуурап, Сэбээн-Күөлтэн пенсионер Гавриил Кейметинов, «Кэбээйи» совхоз булчута Семен Стручков, Сайылыктан Марина Кычкина, Сииттэттэн учуутал Григорий Кобяков, «Мукучу» совхоз рабочайа Алексей Кириллов, Сангаартан пожарнай охрана үлэһитэ Владимир Качнов, Сайылыктан бухгалтер Светлана Яковлева, Куокуйтан кыылы иитээччи Семен Сельскэй мустубут дьон иннигэр бэйэлэрин айымньыларыттан аахтылар. Кальвицаттан сылдьар эдэр мелодист Алексей Калининскай хас да ырыаны толорон биһирэбили ылла.
Олохтоох автордар оройуоннааҕы бастакы сүбэ мунньахтара тэрээһиннээхтик, айымньылаахтык, туһалаахтык ыытыллан түмүктэннэ. Мунньаҕы тэрийэн ыытыыга Арҕас бөһүөлэгин общественнай тэрилтэлэрэ, «Луҥха» литературнай куруһуок чилиэннэрэ үгүс сыраларын уурбуттара улаханнык көмөлөстө. «Лена долгуннара» литературнай түмсүү чилиэннэрэ кинилэргэ улаханнык махтаннылар уонна кэлэр өттүгэр түмсүү мунньахтара маннык тэрээһиннээхтик ыытыллалларыгар баҕаларын эттилэр.
Г. ЭВЕРСТОВ.
«Ленинец» № 40 муус устар 2 к. 1980 с.
Түмсүү инники соруктара
2018 с. саха биллиилээх суруйааччыта, биир дойдулаахпыт, буойун-суруйааччы Т. Е. Сметанин төрөөбүтэ 100 сыллаах юбилейын көрсө улуустааҕы культура департамена (сал. А. А. Кычкин) уонна «Дабаан» хаһыат редакцията (сал. В. В. Эверстов) көҕүлээһиннэринэн «Лена долгуннара» литературнай түмсүүнү сөргүтүү үлэтэ саҕаламмыта.
2019 с. улууска «Лена долгуннара» коммерческайа суох түмсүү тэриллэн государственнай регистрацияны ааспыта, председателинэн Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ И. Г. Кобяков талыллыбыта.
История кэрэһэлииринэн, «Лена долгуннара» литературнай түмсүү 1980 с. партия оройуоннааҕы комитетын уонна «Ленинец» хаһыат көҕүлээһиннэринэн, ССРС суруйааччыларын Саха сиринээҕи бырабылыанньатын өйөөһүнүнэн тэриллибитэ. Тэриллибит күнүттэн түмсүү үс олохтоох омук тылынан үлэлиир секциялардаах этэ.
Түмсүү ордук көхтөөхтүк ааспыт үйэ 80-с – 90-с сылларыгар үлэлии сылдьыбыта. Киниэхэ анаан оройуоннааҕы «Ленинец» хаһыакка сахалыы, нууччалыы тахсыыларыгар бүтүн биир балаһа бэриллэр этэ. Бу сылларга олохтоох автордар айымньылара тиһигин быспакка бэчээккэ тахсаллара. Кинилэр ортолоругар П. Степанов, П. Кобяков - Оһуордуурап, Г. Кобяков, С. Кондаков, Е. Гуляев, С. Сельскэй, Г. Иванов, С. Стручков, Д. Кривошапкин, Г. Иванова, И. Геймур, В. Качнов уо. д. а. ааттаталыахха сөп. Аны туран редакцияҕа киирбит айымньылары ырытыы, кинилэр күүстээх өрүттэрин, итэҕэстэрин бэлиэтээһин эмиэ кэмиттэн кэмигэр ыытыллара.
1993 с. оройуоннааҕы библиотека үлэһиттэрэ Е. Ноговицына уонна И. Варламова хаһыакка тахсыбыт олохтоох автордар айымньыларын хомуйан «Лена долгуннара» диэн чараас эрээри сүрдээх истиҥ кинигэни бэчээккэ таһаарбыттара. Кинигэҕэ киирии тылы суруйааччы, ССРС суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ П. Степанов суруйбута.
Кэлин, саҥа үйэҕэ үктэнэн баран, түмсүүнү иилээн-саҕалаан үлэлэппит убайдарбыт биир-биир олохтон туораан, түмсүүбүт аҕата суох оҕо курдук аҥардас ийэтигэр – «Дабаан» хаһыакка иитиллэн син баччааҥҥа диэри тиийэн кэллэ. Хаһыакка хаалбыт литературнай балаһаҕа олохтоох автордар айымньылара кэмиттэн кэмигэр бэчээттэнэн тахсаллар. Онон биһиги улууспут хаһыатын редакциятыгар муҥура суох махталбытын тиэрдэбит – ааспыт үйэ түмсүүтүттэн эстафетаны ылан бүгүҥҥү күҥҥэ аҕалбытыгар.
«Лена долгуннара» түмсүү инники өттүгэр олохтоох автордары кытта ыкса үлэлэһэн, кинилэр айымньыларын республика таһымыгар көхтөөхтүк таһаарар, улууспут айар куттаах дьоно бэйэ бэйэлэрин кытта ситимнээхтик үлэлииллэрин ситиһэр санаалаах. Оннук сыал-сорук туруорунан үлэлиэхпитин наада. Ол инниттэн биһиэхэ тэрийээччилэрбититтэн – улуус культураҕа департаменыттан уонна олохтоох «Дабаан» хаһыат өттүттэн күүстээх өйөбүл эрэйиллэр.
Билэрбит курдук, Кэбээйи улууһа саха литературатыгар элбэх суруйааччылары биэрбит улуус. Ол иһигэр үс омук бэрэстэбиитэлин – үс норуодунай суруйааччыны. Ол биһиги улууспут биир уратыта буолар. Аҥардас ити да чахчы биһиэхэ, биһиги түмсүүбүтүгэр улахан эппиэтинэһи сүктэрэр. Ону умнуо суохтаахпыт.
И. КОБЯКОВ,
Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.